Итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Убаастабыллаах Ангелина Григорьевна Лукина, күн сирин көрбүт кэрэ- бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Чахчы да Үөһээ айыылартан айдарыылаах айылҕаттан талааннаах буолаҥҥын Саха норуотун дьолугар төрөөҥҥүн Сахабыт төрүт үҥкүүтүнэн дьарыктанан, ырытан,чинчийэн,үөрэтэн ахсаабат элбэх симпозиумнарга кыттан Саха үҥкүүтэ баар дэттэрбит, дакаастаабыт үлэлэриҥ кинигэлэриҥ,монографияларыҥ,үгүс элбэх ис хоһоонноох научнай ыстатыйаларыҥ туоһулууллар.Чахчы да Сахалартан аан-бастакыннан үҥкүү ускуустубатын наукатын дуоктара, профессора буолаҕын.Айыылартан арчыламмыт Улуу С.А.Сибиэрэп-Кыыл Уола үҥкүүлэрин үчүгэйдик ырытан,үөрэтэн,чинчийэн үйэтиттиҥ.Төһөлөөх элбэх үҥкүү бөлөхтөрүн айан таһааран тэрийтэлээтиҥ.Үгүс талааннаах үҥкүү үөрэхтээхтэрин иитэн-үөрэтэн,такайан таһаардыҥ,күн бүгүҥҥээҥҥэ дылы айа-тута туһалаах дьон буола сылдьалларый.С.А.Сибиэрэп Кыыл Уола үрдүк аатын сүгэ сылдьар СӨ үҥкүүтүн тыйаатырыгар уһун кэм устата бэйэҥ научнай лабораторияҥ буолан үтүө суобастаахтык айымньылаахтык үлэлии- хамныы сылдьаргыттан үөрэбин уонна махтанабын! Үҥкүү курдук уустук ускуустубаны баһылааҥҥын үйэлэргэ чэчирии сайда турарыгар сыралаах, эппиэтинэстээх,айымньылаах, таһаарыылаах үлэҕэр саҥаттан саҥа ситиһиилэри,үрдэллэри , үтүө үлэҕинэн, сэмэй майгыгынан, элэккэй сыһыаҥҥынан өрүү күүс-көмө,сүбэ-ама буола тураргар! Баҕарабын ыалдьары киэр илгэн, кырдьыыга бэриммэккэ күндү оҕолоруҥ, сиэннэриҥ мичээрдэригэр, тапталларыгар угуттанан, бар- дьонуҥ ытыктабылын ылан, кэскиллэнэн, олоҕуҥ өссө киэркэйэн, өссө да уһуннук, дьоллоохтук,доруобайдык олороргор баҕарабын!
С. А.Сибиэрэп-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ, Арассыыйа уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэhитэ Александр Алексеев.

Сообщение Итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! появились сначала на SAKHALIFE.

Читайте на 123ru.net