Новогодние истории: Астына саныыбын кинини дьоллообуппуттан

                                                           Түбүк быыhыгар үҥкүү

Бу түгэн ахсынньы 31 күнүгэр буолбута. Ол курдук, мин оскуоланы сана бүтэрбит кыыс ыанньыксытынан үлэлиибин. Бу күн киэhээ кулуупка тэрээhин буолар онон улэhит барыта сып-сап бутэн дьиэтигэр тар5аста. Онтон мин киэhээҥҥи тэрээhиҥҥэ кыттыахтаахпын да, улахан тардыллыы буоллум. Биир ынаҕым төрөөрү ахта турар. Ону төрөтөн да баран успейдыыбын диэн кэтэhэ сырыттым. Со5ото5ум бэрдиттэн аттыбар ийэтигэр көмөлөhөр, о5о эрдэ5иттэн инбэлиит уол баарыгар, миэхэ көмөлөс диэн көрдөстум. Уолум мин бырааhынньыкка барабын , ыксыыбын иҥин диэтэр да, тылбар килэрэн хааллардым. Дьэ ынахпытын төрөтөн, ньирэйбитин аhатан уйатыгар уган барардыы оностубуппут, ара отой да кууппэтэх өттуттэн биир ына5ым эмиэ төрөөн эрэр эбит. Номнуо ата5а быкпыт. Хайыахпытый, ону эмиэ дьаhайан баран бэрт ыксалынан дьиэбит диэки ыстанныбыт. Муҥар иккиэммит дьиэтэ дэриэбинэ түгэҕэр баар. Уолум хойутаатыбыт дии санаан хайдах эрэ кэри-куру. Ону саататаары мин буолары буолбаты кэпсиибин. Ол быыhыгар ыйытааччы буоллум; эн саҥа дьыл туунугэр тугу ба5ара5ын ?- диэн. Уолум барахсан, Маняны кытта үнкүүлүөхпун баҕарабын да, кини син биир миигин кытта үҥкүүлүө суоҕа, уопсайынан биир да кыыс миигин кытта үҥкүүлүөн баҕарбат диэтэҕэ уhу. Хайдах эрэ, наhаа аhыннным уонна мин эйиигин кытта үҥкүүлүөҕүм диэтим. Уолум олус үөрдэ, саҥата-иҥэтэ сэргэхсийэ түстэ.

Ол курдук, суунан-тараанан киэhээҥҥи тэрээhиҥҥэ кэлэн кытынным. Саҥа дьыл үүнүүтэ бытаан үҥкүү биллэрдилэр. Уолум бэрт эрэллээхтик ырбайбытынан, миэхэ хааман кэллэ. Хайыахпыный эппит тылбын толорон үҥкүүлэстим. Дьон бары ити уолу билэр, сөбүлүүр буоланнар кыбыстыбаппын. Оо, барахсан! Ити күн кэннэ, сыл тухары киниттэн ордук дьоллоох киhи суоҕа. санаан кэлэ-кэлэ кыргыттарга кэпсиирэ.

Ол саҕана дэлби күлэр этибит, онтон билигин олорон санаатахпына, бэрт кыра да киhиэхэ наада эбит. Ол уолум быйыл оло5у бэркэ олорон, үлэ бөҕөнү улэлээн, инбэлиит буолан ыал буолбакка олохтон туораахтаата. Онтон мин хайдах эрэ астына саныыбын, биир кып-кыра тугэҥҥэ кинини дьоллообуппуттан.

Сообщение Новогодние истории: Астына саныыбын кинини дьоллообуппуттан появились сначала на SAKHALIFE.

Читайте на 123ru.net