Кыл Саха төрүт дорҕоон бөлөх 10 сыллаах үбүлүөй

Кыл Саха төрүт дорҕоон бөлөх 10 сыллаах үбүлүөйэ өрө көтөҕүүлээх, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста

Ахсынньы 13 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө 10 сыллаах үбүлүөйдээх «Кыл Саха Оһуора» улахан кэнсиэрэ толору сааланы муста. Өксөкүлээх уораҕайыгар киирээти кытары вестибюльга улахан экраҥҥа «Кыл Саха» артыыстара элбэх хайысхалаах үлэлэрин туоһулуур видео көстүбүтэ дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Ону тэҥэ тыйаатыр архыыбыттан уонна Национальнай библиотека матырыйаалыттан турбут баай ис хоһоонноох кинигэлэртэн, афишаларыттан, буклеттартан, хаартыскалартан турбут быыстапканы интириэһиргээн көрдүлэр.

Ахсынньы туманынан да бүрүллэн турдар, тымныынан да аҥылыйдар «Кыл Саха» көрөөччүлэрэ, доҕотторо-атастара, биир идэлээхтэрэ, аймах билэ дьоно тоҕуоруһа мустан кыл кылыһах алыбыгар киирэн, иһилийэн олордулар. Түөрт түһүмэхтээх кэнсиэри иилээн-саҕалаан САХА НКИХ редактора Олег Колесов-Талбан ыытта. Режиссерунан Изабелла Егорова-Мынай үлэлээтэ. Кэнсиэр кэнниттэн мин көрөөччүлэри мунньан хас да киһини кытта сэһэргэстим.


Галина Родионова, Дирин, Чурапчы улууһа: «Мин «Кыл Саха» бөлөх кэнсиэртэрин куруутун батыһа сылдьан көрөбүн. Диринтэн сиэн кыыспынаан айаннаан кэллим. 5 сыл аннаараа өттүгэр эмиэ Дьокуускайга, эмиэ кыһын баччаларга 5 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр сылдьыбытым. Кыл кылыһах дорҕоонун наһаа чугастык, сылаастык ылынабын. Киһи эрэ куйахата күүрэр, дууһата долгуйар муусуката. Анна Томская биир идэлээхтэрин кытары 800 сүүстэн тахса киһини кыл кылыһахха оонньуурга үөрэппит. Дьэ, бу сыралҕаннаах үлэ, кэрэхсэбиллээх, кэскиллээх дьыала. Бүгүн мин ис киирбэх кэрэ кыталыктар үҥкүүлэрин, Дмитрий Артемьев алгыһын, «Дьөһөгөй үҥкүүтүн» сөбүлүү көрдүм. Ону тэҥэ Амматтан уонна Мэҥэ-Хаҥаластан айаннаан кэлбит кыл кылыһах бөлөхтөрө оһуоба сэргэхтик бэйэлэрин айымньыларын толордулар. «Кыл Саха» мусукааннарыгар баҕарыам этэ элбэх үөрэнээччилэри, элбэх гостуруоллары, саҥаттан саҥа саҕахтары уонна дьиэ кэргэннэригэр дьоллоох олоҕу».


Галина Зыкова, Табаҕа с., Мэҥэ-Хаҥалас улууһа: «Айылҕаттан айдарыылаах Руслан Габышев элбэх да кыл кылыһаҕы айан, көмүс тарбахтарынан чочуйан оҥорон, норуокка умнуллубут, сүппүт үнүстүрүмүөнү сөргүтэн, тиллэрэн, айар куттаах артыыстары кытары үлэлэһэн, «Кыл Саха» бөлөх тэриллибитигэр улахан өҥөлөөх, кылааттаах. Кини ох саата кэпсэтэр, ыллыыр, туойар. Руслан Прокопьевич импровизацията хас биирдии киһини турукка киллэрэн, бэйэтин ис санаатын, иэйиитин санатар, толкуйдатар. Тус бэйэм мин куруутун кини ох саата ыллаатаҕына улаханнык сөҕөбүн, астынабын. Кэнсиэркэ «Анаарыы» импровизацияны ох сааҕа оонньообутугар отой үөһэнэн сырыттым, айаннаан ыллым. Дьэ, ити баар муусука улуу дьайыыта, күүһэ. Руслан Прокопьевич өссө кытаатан кыл кылыһахтаргын ай, оҥор, сотору кэминэн кыл кылыһаҕы оскуолаҕа предмет быһыытынан киллэрэбит диэтилэр дии. Эйиэхэ улахан эрэл».


Анна Анисимова, Дьокуускай к.; «Мин «Кыл Саха» кэнсиэрин үһүстээн көрөбүн. Бу сырыыга хомусчут Вероника Лыткина сыыйа тардыытын сөбүлээн иһиттим. Кып-кыра, киһи ытыһыгар батар хомуспут дьүрүскэннээх дорҕооно абылаҥнаах, аптаах. Олоҥхо тыйаатыр артыыстара «Кыл Саха» бастакы састаабыгар киирэннэр элбэх тэрээһиннэргэ, бэстибээллэргэ, күрэхтэргэ кыттыбыттара. Кинилэр билигин бэйэлэрин тыйаатырдарын иһинэн фольклолр кэлэктииптэммиттэр. Вероника Васильевна дэгиттэр талааннаах артыыс, салайааччылара эбит, кытаатан сайдан, кэҥээн иһин. Үбүлүөйдээх дьүһүйүүлэрэ «Кыл Сахалары» кытта өрө көтөҕүллэн көрөөччүлэр махталларын ылыан ылла».


Венера Ильинична Мальчикитова-Едукина, Хатасс с.: «Мин сценаҕа наһаа элбэх оҕо тахсан «Оҕо саас дьүрүскэнэ» композиция толорбуттарын наһаа сөбүлээтим, астынным. Кыл кылыһах инникилээх, кэскиллээх. Ити оҕолор саха муусукатын толороллоро үтүө эрэ санааны түстүүр. Өссө мин «Кыл Саха» доҕуһуолунан үҥкүүлэри сөбүлээтим. «Аар аартык», «Уран», «Кыталык» норуот ансаамбылын филиалын үҥкүүһүттэрэ саха үҥкүүлэрин наһаа чэпчэкитик, эрчимнээхтик толордулар. Үҥкүүһүттэр барахсаттар эчи эдэрдэрин, кыраһыабайдарын. Таҥастара-таҥастара сиэдэрэйин. Муусукалара үҥкүүлэригэр наһаа барсар. Баҕарабын «Кыл Саха» артыыстарыгар айар үлэлэригэр ситиһиилэри, саҥа кыайыылары, өрөгөйү».


Лариса Никифоровна Захарова, Майа с. Мэҥэ-Хаҥалас улууһа: «Мин кэнсиэри барытын сөбүлээтим. Отой бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэр. Оһуоба филармонияны кытары холбоһуктаах икки улахан айымньылары. Симфоническай ансаамбыл артыыстара уонна «Кыл Сахалар» наһаа да таһымнаахтык толордулар. Киһи отой соҕуруу, Москубаҕа, консерваторияҕа ыытан толотторуох курдук. Наһаа сөхтүм. Икки араас хайысхалаах үнүстүрүмүөннэр дьэ куйаарга киллэрэ сырыттылар. Наһаа да киһини долгутар, өрө көтүтэр, абылаҥнаах муусука, күүстээх муусука, үрдүкү чыпчаал толоруу».


Спартак Миронов, Дьокуускай куорат: «Мин саха ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн-битиитин барытын сөбүлүүбүн. «Кыл Саха» бөлөх кэнсиэрэ саханы саха диэтэр. Кыл кылыһахтарын тыаһа, дорҕооно, саха үнүстүрүмүөнэ, мин отой чугастык ылынабын. Отой дууһабар, сүрэхпэр киирэн ыраастыыр, арчылыыр, алгыыр курдук. Дьикти эйгэҕэ киллэрэр, киһи кэрэҕэ тардыһыыта күүһүрэр. Артыыстарга өссө күүстээх үлэни баҕарабын. Саамай кэрэхсэбилэ диэн кинилэр кылыһах кырыымпаны киэн эйгэҕэ таһаардылар, тэниттилэр, кыра оҕоттон саҕалаан саастаах дьон эмиэ ити үнүстүрүмүөнү ыллаттылар. Анна Томскаяҕа, Руслан Габышевка айар, үөрэтэр, сырдатар үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабын».


Анна, Руслан, Дьокуускай к.: «Кэнсиэр биир түгэн курдук ааста. Барыта саас сааһынан сааһыламмыт. Түөрт түһүмэхтээх. Наһаа да элбэх кыттааччы улуустартан кэлбит. Улуустары кытта үлэлэһэллэрэ бу бириэмэ кырыымчыгар махталлаах дьыала. Уонна хаһан да муусуканан дьарыктамматах дьону үөрэтии улахан хорсун быһыы диэн сыаналыыбыт. Уон сыл устата элбэх да үлэ барбыт. Араас хабааннаах. Кытаатан бу үлэҕитин ыһыктыбакка иннигит хоту баран иһин. Саха муусуката, матыыптара кыл кылыһаҕынан доҕуһуолланан аан дойду устун биһирэбили, махталы ыла турдун».
Александра Новгородова, Нам улууһа: «Мин бэйэм эмиэ кыл кылыһахха оонньоон испитим. Онтон билигин отой бириэмэм тиийбэт. Үлэ да үлэ. «Кыл Саха» мусукааннарын ис сүрэхпиттэн уон сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн эҕэрдэлиибин. Биһиги улууска кыл кылыһахха икки бөлөх оонньууллар. Бүгүн бу үбүлүөйдээх кэнсиэркэ кытыннылар. Наһаа үөрдүм. Долгуйдум. Кыл кылыһах матыыптара наһаа киһини уоскутар, эрэли үөскэтэр. Бу бөлөх артыыстара бука бары туруу үлэһиттэр. Ол иһин туох баар сыалларын ситиһэллэр. Анна Ивановна Томская сирдьиттэрэ. Кини элбэх идеялаах, киириилээх-тахсыылаах, кэпсэтиилээх-ипсэтиилээх. Улуустартан уонна куораттан оҕолор кыттыбыттара наһаа долгутар, үөрдэр. Билигин саамай тымныы, хараҥа ый турар. Ону дьэ «Кыл Саха» кэнсиэрэ сылааһынан бэлэх уунна».


Екатерина Саввинова, Дьокуускай куорат: «Мин Кыыл Уола «Оһуор үҥкүү» муусукатыгар саҥа клип сүрэхтэммитин наһаа биһирээтим. Хас да локацияҕа уһуллубут, оннооҕор бачча тымныыга куорат таһыгар аһаҕас халлаан анныгар. Артыыстар бары миэхэҕэ дьоруойдар. Клип ааптардарыгар барҕа махтал уонна «Кыл Саха» артыыстарыгар».


«Кыл Саха» артыыстарын араас хабааннаах үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатылар, үөрүүлээх быһыыга-майгыга Правительство махтал суруктарын, Култуура министиэристибэтэ грамоталарын, Үҥкүү тыйаатырын салалтатын эҕэрдэ суруктарын, култуура профсоюһа махталларын, Арассыыйа театральнай диэйэтэллэрин бочуоттаах грамоталарын тутардылар, Арчы дьиэтэ, куорат култууратын уонна духуобунаһа, улуустар бука бары чиэстээтилэр, уруйдаатылар-айхаллаатылар.
Дьэ, ити курдук көрөөччүлэр «КЫЛ САХА» кырылыы тохтор кылыһаҕын дорҕоонун доҕуһуолугар уйдаран, арчыланан, алгыстанан, санааларын түмэн, сааһыланан, ис куттара бөҕөргөөтө уонна ырыанан, үҥкүүнэн, норуот матыыптарынан, үрдүкү муусуканан кэһиилэнэн, төрүт дорҕоонунан күндүлэнэн үөрэ-көтө тарҕастылар.

Сообщение Кыл Саха төрүт дорҕоон бөлөх 10 сыллаах үбүлүөй появились сначала на SAKHALIFE.

Читайте на 123ru.net