Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Итэҕэли бутуйар сатаммат

Сорох дьон билигин икки итэҕэли бутуйа сылдьаллар. Ол курдук, Үөһээ Үрдүкү Таҥараларбытыгар Улуу Тойону киллэрэ сылдьаллар. Улуу Тойон диэн Омоҕой Хомурҕаннаах Хамырҕан уонна Көйөргөн Хамылла диэн хара ойууттара үҥэ сылдьыбыт күүстэрэ буолаллар. Бу монголлартан төрүттээх итэҕэл. Оттон биһиги итэҕэлбит тенгрианскай итэҕэл биир салаата буолар. Омоҕой ити хара итэҕэлин Эллэй кэлэн суулларан, саҥалыы Аар Айыы итэҕэлин киллэрбитэ. Ол аата Улуу Тойон хайдах даҕаны Аар Айыылар истэригэр киирбэт. Кини урукку умнуллубут итэҕэл Таҥаратын быһыытынан сахаларга кэпсэллэргэ хаалбыт. Улуу Тойону сахалар хара сылгы баайдаах, кэйиик ынахтардаах, ытырыык ыттардаах, охсуһуук хамначчыттардаах, элбэх чаҕардаах Соҕуруу Халлаан баһылыгын курдук өйдүүллэр. Чоккуруос харахтаах уонна хара элэмэс сылгылары, ол иһин Улуу Тойон сылгыларыттан үөскээбит сылгы курдук өйдүүллэрэ уонна кинилэри сылгы көлө оҥосто сатаабат этилэр, үксүн ол-бу сиэргэ-туомҥа тутталлара. Үгүс кэпсэллэргэ Улуу Тойон уолаттара сиргэ түһэн, дьахталларга оҕо оҥортообуттарын туһунан кэпсэнэллэр. Омоҕойтон уонна хоролортон төрүттээх ойууттар хойукка диэри Улуу Тойоҥҥо үҥэллэрэ. Өйдөбүл быһыытынан, бу дьиҥнээх хара ойууттар буолаллар. Улуу Тойону А.Е. Кулаковскай ханнык да чуолкай функциялааҕа биллибэтэх уонна умнуллубут халлаан күүһэ диэн быһаарбыта. Ону «Кут-сүр» диэн аатынан хаһыакка бэчээттэнэр дьон Улуу Тойону куруук саха итэҕэлин биир улахан Таҥаратын курдук анаан-минээн суруйаллар. Ити төрүт сыыһа. Өскөтүн, биһиги Үрдүкү Таҥараларга итэҕэлбит чуолкай уонна кырдьыктаах буолуон баҕарар буоллахпытына, Улуу Тойону Аар Айыыларга киллэрэр сыыһатын өйдүөхтээхпит. Аар Айыыларга үҥүү-сүгүрүйүү сырдык-ыраас эйгэлээх диэн билинэр буоллахха, аны хара ойууттар үҥэр Таҥаралара Улуу Тойон баар диэн, хара эйгэ өйдөбүлүн ыраас Аар Айыылар итэҕэллэригэр булкуйар сатаммат. Кини (Улуу Тойон) атын итэҕэл Үрдүкү Күүһэ буолара чуолкай көстө-биллэ сылдьар. Ону итэҕэли үөрэтэр киһи тута көрөн-истэн уонна ис санаатынан чуолкай билиэхтээх. Хаһан даҕаны итэҕэлгэ үрүҥ, хара күүстэр дьүөрэлэһиилэрэ уонна алтыһыылара суох буолар. Итинник күүстэр хаһан баҕарар утарыта тураллар. Онон хараны-үрүҥү, айыыны-абааһыны итэҕэлгэ бииргэ суулаан киллэрбэттэр. Итинник оҥоро сатааһын, бу «Кут-сүр» дэнэр дьон сүрүн алҕастара буолар. Аар Айыы итэҕэлигэр хара ойууттар Таҥаралара диэн туспа суох. Аны биир курдук ыллахха Б.Ф. Трощанскай алҕас «Бог грома Улуу Тойон» диэн суруйан кэбиспитин булкуйан, Улуу Тойону аны Этиҥ Таҥарата оҥоро сатааһын өссө улахан тосту-туора быһыы буолар. Аар Айыы итэҕэлигэр Этиҥ Таҥарата – Сүдү Күүстээх, Сүллэр Этиҥ Доҕуһуоллаах Сүҥ Дьааһын Тойон буолара чуолкай ыйылла сылдьар. Сүҥ Дьааһын Тойон сүрүн үлэтин-хамнаһын Улуу Тойоҥҥо «ылан биэрэргэ» бу дьоҥҥо ким быраап биэрбитэй?!

Саха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Сообщение Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар появились сначала на SAKHALIFE.

Читайте на 123ru.net