Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Новым 2025 годом
Уважаемые якутяне! Дорогие друзья! Сердечно поздравляю вас с наступающим Новым годом!
В уходящем 2024 году было много значимых для Якутии и всей страны событий. Этот год принес нам новые возможности и вызовы. Мы боремся за мир и справедливость, гордимся своей страной и республикой, строим и созидаем, несем в будущее все самое светлое и хорошее, что есть в нас.
2024 год будет вписан в современную историю республики единством и солидарностью, сплоченностью многонационального народа Якутии.
И мы с гордостью можем подвести яркие итоги 2024 года. Сплотившись вокруг Президента России Владимира Владимировича Путина, мы завершаем год новыми победами и достижениями. Конечно, якутян очень воодушевил визит Главы государства в нашу республику.
В Год семьи в России и Год детства в Якутии наша республика вновь стала лидером среди регионов Дальнего Востока по общему коэффициенту рождаемости. Якутия — единственный на Дальнем Востоке регион с неуклонно растущим населением. В республике был установлен целый комплекс новых дополнительных мер поддержки для многодетных семей, который дал ощутимые результаты.
Уходящий год ознаменовался стартом многих крупнейших инфраструктурных проектов, в том числе Ленского моста – мечты многих поколений якутян.
Рост промышленности Якутии в 2024 году превысил среднероссийский почти в два раза и за 11 месяцев с начала года достиг 8,5%. Сохраняются достигнутые позиции в стране по добыче основных экспортируемых товаров – алмазов, нефти и природного газа. Угледобывающая промышленность республики впервые заняла второе место в стране. Мы вышли также на второе место в стране, добыв рекордные 54 тонны золота.
В Якутии в 2024 году введено 750 тысяч квадратных метров жилья, что стало рекордным показателем за всю историю республики, превысив уровень 1990 года, достигнутый во времена Якутской АССР.
Мы с честью провели масштабные VIII Международные спортивные игры «Дети Азии», которые стали настоящим торжеством мира, дружбы и примером благородных спортивных состязаний для всего международного спортивного сообщества.
Этих впечатляющих результатов мы добились благодаря слаженной работе всех жителей республики, личному вкладу каждого якутянина.
Наступающий 2025 год в Республике Саха (Якутия) пройдет под знаком Года защитника Родины.
9 мая 2025 года мы будем отмечать величайшее событие в истории страны и мира— 80-летие Победы в Великой Отечественной войне. Сегодня внуки и правнуки победителей вновь встали на защиту Родины. Вся республика и страна гордится именами Героев Российской Федерации из Якутии, подвигами бесстрашных и умелых бойцов специальной военной операции, которых вырастила наша родная земля. В этом - нерушимая связь поколений якутян, которые всегда готовы защитить своё Отечество.
Я уверен, что 2025 год станет в республике годом новых побед и свершений во имя благополучной жизни каждого якутянина.
Дорогие друзья! Искренне желаю вам здоровья и успехов во всех ваших добрых начинаниях.
Пусть в наступающем году исполнятся все ваши заветные мечты, а в ваших семьях царит любовь, уважение и новогоднее волшебство!
С Новым годом! Саҥа дьылынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Саҥа 2025 сылынан эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Күндү доҕотттор!
Эһигини кэлэн иһэр Саҥа дьылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Ааһан эрэр сыл Саха сиригэр уонна дойдубутугар дьоһун суолталаах түгэннэри тосхойдо.
Бу сыл биһиэхэ саҥа кыахтары уонна тургутуулары аҕалла. Биһиги эйэни уонна сиэрдээх буолууну туруулаһабыт, дойдубутунан, өрөспүүбүлүкэбитинэн киэн туттабыт, олоҕу тутабыт-айабыт, туох баар үчүгэйи инникигэ туһаайабыт.
2024 сыл Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһууларынан, биир санааланыыларынан өрөспүүбүлүкэбит аныгы устуоруйатыгар киириэҕэ.
Биһиги киэн туттан туран 2024 сыл чаҕылхай түмүктэрин таһаарар кыахтаахпыт. Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин тула түмсэн, сылбытын саҥа кыайыылардаах, кэккэ ситиһиилэрдээх түмүктүүбүт. Биллэн турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дойду Баһылыга кэлэ сылдьыыта Саха сирин олохтоохторун сүргэлэрин көтөхпүтэ.
Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылларыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕо төрөөһүнүн уопсай коэффициенынан Уһук Илин эрэгийиэннэригэр эмиэ бастаата. Сахабыт сирэ Уһук Илин уокурукка нэһилиэнньэтин ахсаана утумнаахтык улаатар соҕотох эрэгийиэнэ буолар. Онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр эбии саҥа кэлим дьаһаллары ылыы улахан төһүү буолла.
Ааһан эрэр сылга инфраструктура бөдөҥ бырайыактарын, ол иһигэр Саха сирин үгүс көлүөнэ олохтоохторун ыра санаата буолбут Өлүөнэни туоруур муостаны тутууну олоххо киллэрии саҕаланна.
2024 сылга Саха сирин бырамыысыланнаһын үүнүүтэ Россия орто көрдөрүүтүн икки төгүл кэриҥэ куоһарда, сыл саҥатыттан 11 ый түмүгүнэн 8,5 % тиийдэ. Алмаас, ньиэп, айылҕа гааһын курдук таска таһаарыллар сүрүн баайы хостооһуҥҥа дойдуга ситиһиллибит кээмэй оннунан хаалла. Өрөспүүбүлүкэ чох хостуур бырамыысыланнаһа быйыл бастакытын дойдуга иккис миэстэҕэ таҕыста. Ону тэҥэ 54 туонна көмүһү хостоон, дойдуга иккис миэстэлээхпит.
Сахабыт сиригэр 2024 сылга 750 тыһыынча квадратнай миэтэрэ олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ. Бу көрдөрүү 1990 сыллаахха Саха АССР кэмигэр ситиһиллибит таһымы куоһаран, өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар уһулуччу көрдөрүү буолла.
Аан дойду успуордун түмсүүтүгэр холобур буолар күрэстэрдээх “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньуулары үрдүк таһымнаахтык ыыттыбыт, эйэ, доҕордоһуу үөрүүтүн, кыайыы өрөгөйүн туттубут.
Бу үтүө түмүктэри биһиги өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун биир ньыгыл үлэлэринэн, хас биирдии киһи тус кылаатынан ситистибит.
Кэлэн иһэр 2025 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрилиннэ.
2025 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр дойдубут уонна Аан дойду устуоруйатыгар сүдү түгэни – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Оттон бүгүн кыайыылаахтар сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ Аҕа дойду көмүскэлигэр эмиэ туруннулар. Саха сириттэн төрүттээх Россия Федерациятын Дьоруойдарынан, анал байыаннай дьайыы хорсун-хоодуот буойуннарынан өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут бүттүүнэ киэн туттар. Аҕа дойдуларын көмүскүүргэ өрүү бэлэм Саха сирин олохтоохторун көлүөнэлэрин быстыбат ситимнэрэ итиннэ көстөр.
2025 сыл өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар саҥа кыайыылары уонна хас биирдиибитигэр этэҥҥэ буолууну аҕалыаҕа диэн бигэ эрэллээхпин.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ доруобуйаны уонна үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!
Кэлэр сылга ыра санааҕыт туоллун, дьиэ кэргэҥҥитигэр таптал, ытыктабыл уонна саҥа дьыллааҕы хомуһун баар буоллун!
Саҥа дьылынан!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С.Николаев